Нет данных о рекламе
| Канал | Публикаций | Подписчиков | Последний пост |
|---|---|---|---|
|
ИРОиПК им. С.Н. Донского…
[max]
|
1 | 1522 | 25.11.26 |
|
ГАНОУ РЦ Малая Академия …
[max]
|
1 | 195 | 23.11.26 |
Загрузка данных...
| Размещенный пост | Текст публиакции | Рекламирующий канал | Просмотры | Просмотры 24 ч | Прирост подписчиков |
|---|
Загрузка данных...
| Размещенный пост | Текст публикации | Рекламируемый канал | Просмотры | Просмотры 24 ч | Прирост подписчиков |
|---|
| Дата и время публикации | Текст публикации | Рекламируемый канал | Динамика просмотров | Всего просмотров |
|---|---|---|---|---|
| 2026-11-28 08:51:39 |  ГлавноеЖизнь в районахИнтересноеКультураЛента дняНовостиОбразованиеОбщество «История туоһулара» экспедиция үс сыллаах үлэтин түмүгүн таһаарда Мүрү саһарҕата28.11.26 10:26  «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин талааннаах педагога Евдокия Окоемова салайар «МедиаЛаб» устуудьуйата «История туоһулара» бырайыагы суруйан Ил Дархан Гранын ылары ситиспитэ. Мантан тирэхтэнэн көрдүүр, чинчийэр, үйэтитэр үлэ саҕаламмыта. Сэтинньи 27 күнүгэр «Уус Алдан кэскилэ» оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын (сал. М.П. Винокурова) уонна «МедиаЛаб» оҕо устуудьуйатын (сал. Е.М. Окоемова) эдэр кэрэспэдьиэннэрэ үс сыл устата араас экспедицияларга сылдьан үлэ, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии кэмин оҕолорун ахтыыларын устан үйэтиппит үлэлэрин түмүктүүр тэрээһинэ буолла. «МедиаЛаб» оҕолоро Байаҕантай, Бороҕон, Бэрт Ууһа, II Лөгөй, Курбуһах, Хоро, I Хоро нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин көрсөн, кэпсэтэн, барыта 36 ахтыыны уһуллулар. Бырайыак чэрчитинэн медиапродукт оҥорорго үөрэтэр уруоктар, маастар кылаастар, архыыбы кытта үлэлэһэр, ааспыт кэм докумуоннарын харайан ууран сытыарар тэрилтэлэргэ сылдьан үлэни кытта билсиһии ыытыллыбыта. Бырайыакка барыта 200-чэкэ оҕо кыттыбыта. Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ экспедиция үлэтин кэпсиир документальнай киинэ көрдөрүлүннэ. Ураты түгэнинэн уһуллубут матырыйаал таҥыллан видео архыып буолан Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы түмэлгэ туттарыы буолла. Устуудьуйа салайааччыта Евдокия Окоемова, улуустааҕы түмэл пуондатын харааннааччы Юлия Афанасьева туттарыы аактатыгар илии баттааһыннара ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Күн бүгүн улуус аҕа саастаах үлэһит дьонун 80-тан тахса ахтыылара «МедиаЛаб» архыыбыгар түмүлүннэ. Бу сүҥкэн үлэни толорууга кыттыбыт үөрэнээччилэр, көмөлөспүт улахан дьон махтал суругунан бэлиэтэннилэр. Билигин устудьуоннуу сылдьар Лиханди Артем, Мүрү 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатыттан Дегтярева Аля, Платонова Айна, Васильева Василиса, Бурнашева Мичийэ, Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Татаров Максим, Оллонов Коля, Местников Артур, Готовцев Илья, Майаҕас орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ушницкая Сандаара, о.д.а., барыта 14 оҕо, махтал суруктары туттулар. «Уус Алдан кэскилэ» НКО салайааччыта Мария Винокурова оҕолорго махтанан туран бу үлэ салгыы бара турарыгар баҕатын биллэрдэ. «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин дириэктэрэ Дмитрий Готовцев В.Д. Лонгинов аатынан Тандатааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэригэр Альберт Находкиҥҥа, «Хаачылаана» сэбиэдиссэйдэр түмсүүлэрин салайааччытыгар Наталья Говороваҕа, суруналыыс Афанасий Копыриҥҥа, эбии үөрэхтээһин киинин педагогтарыгар Изабелла Аманатоваҕа, Людмила Сергееваҕа, оскуола музейын үлэһитэ Елена Сыроватскаяҕа өйөбүллэрин, көмөлөрүн иһин махтал суруктары туттарда. Улуустааҕы түмэл научнай үлэһитэ Зоя Белолюбская, биллэр кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Павел Пермяков, Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» музей-комплекс дириэктэрэ Айым Охлопков экспедиция үлэтиттэн астыммыттарын биллэрдилэр, историяны үөрэтии, чинчийии, үйэтитии үлэтэ салгыы сайдарыгар баҕа санааларын биллэрдилэр. «История туоһулара» экспедиция үс сыллаах үлэтэ уопсай биһирэбили ылан үрдүк сыанабылы ылла. Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп  ГлавноеЖизнь … | — |
|
52 |
| 2026-11-27 05:14:15 | — |
|
83 | |
| 2026-11-25 03:28:07 | 🌟Күндү үөрэнээччилэр, олоҥхоҕо анаммыт олимпиада сорудахтарын таһаарабыт. Көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Олимпиада кыттааччылара: 7-10 кылаас үөрэнээччилэрэ Олимпиада сорудаҕын толорор кэм: 25-27.11.2026 с. 27.11.2026 с. күн 20.00 ч. платформа сабыллар. Ыытыллар көрүҥэ: куйаар ситиминэн Олимпиада сорудахтарын сиһилии https://cloud.mail.ru/public/uayu/XvPtTFht5 📌Сиһилии Подписаться на нас в МАХ 🌟Күндү үөрэнээчч… |
|
|
74 |
| 2026-09-04 00:54:47 | канала Оформите канала по доступна все доступна канала Оформите … | — |
|
36422 |
| 2026-09-23 13:38:47 | канала подписку Реклама неподписчиков канала подписку … | — |
|
8216 |
| 2026-11-22 02:00:47 | канала неподписчиков Оформите Данные Данные канала неподписч… | — |
|
46735 |
Год
Месяц
Неделя
Загрузка данных...
| Время | Контент | Подписчиков | Кто ссылался | Просмотры 48ч | Просмотры 24ч |
|---|